Бүгүн — Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнэ

Сэтинньи 13 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүтэ 89 сыла туолар.

Михаил Ефимович 1937 сыллаахха Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1991–2002 сылларга өрөспүүбүлүкэни салайбыта, Саха сирин судаарыстыбаннаһын олохтообута. Экономика, үөрэх, култуура уонна успуорт сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитэ. Кини көҕүлээһининэн «Азия оҕолоро» оонньуулар тэриллибиттэрэ.

Бастакы Президеммит сырдык аата норуот өйүгэр-сүрэҕэр өрүү тыыннаах. Махтал уонна ытыктабыл! 🕊

#МихаилНиколаев #БастакыПрезидент #СахаСирэ #Якутия

"Төрүччү -өбүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ"

Бу кинигэни ааҕаргар сүбэлиибин!!!

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха норуотугар төрдү-ууһу үөрэтиигэ интэриэс күүһүрдэ, сылтан сыл бүттүүн улууһунан, нэһилиэгинэн, аҕа, ийэ уустарынан элбэх кинигэ тахсар.

Бу кинигэҕэ ааптар ааҕаачыга анаан 32 суругу суруйан тиспит. Төрүтү үөрэтии атын хайысханан-чараас эйгэни кытта ситимнээн суруллубут.

Ылаҥҥыт ааҕаҥҥыт бэйэҕит толкуйдаан, ырыҥалатан көрөргүтүгэр сүбэлиибин.

Бибилэтиэкэҕэ баар!!!